Sakha, Yakutia, Unicode
Орто Дойду. Сахалыы Саҥарар Сахалар Сирдэрэ Unicode Encoded Badge  

 Өс хоһоонноро

Sakha Unicode Fonts
  • Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалбат, көҕөн көттөҕүнэ чөркөй хаалбат.

  • Отонноотоххо оҥоойук туолар.

  • Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

  • Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.

  • Алгыс баһа сыалаах , кырыыс баһа хааннаах.

  • Атас туһугар атах тостор.

  • Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа тахсыбат.

  • Айан аргыһы таптыыр.

  • Сылдьыбыт сыыһы булар.

  • Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.

  • Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

  • Тыала суохха мас хамсаабат.

  • Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр.

  • Үтүө ат биир кымньыылаах , үтүө киһи биир тыллаах.

  • Ас бүтээри ас буолар, таҥас алдьанаары таҥас буолар.

  • Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хараҕын аалар.

Атын өс хоһооннору киллэриэххин баҕардаххына кэпсэтии түһүлгэтигэр суруй.
Сахалыы-нууччалыы онлайн-библиотека - сорох атын саха өһүн хоһооно манна баар.

Орто Дойду Уникодовай Сахалыы Сайт
Orto Doydu Sakha Unicode Portal
Серединный Мир Юникодовый Сайт на Якутском языке